Андрей Собакин салайааччылаах Государственнай экологическай надзор Нам инспекциятын коллектива, “Зеленый четверг” диэн экологическай акция чэрчитинэн, үгэс быһыытынан муус ылан тиэйдилэр уонна муҥхалаатылар.
Тэрилтэ инспектордара Нам улууһун байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын, ону тэҥэ АБДь-га кыттар СӨ Экологияҕа министиэристибэтин үлэһиттэрин дьиэ кэргэттэрин мууһунан уонна сибиэһэй собонон хааччыйдылар.
Байыас кэргэнэ:
-Миэхэ уонна дьиэ кэргэммэр болҕомто уураргытын, өйөбүлгүтүн сыаналыыбын, махтанабын. Кэргэммин кытта маннык үтүө санаалааах, аһыныгас майгылаах, эрэллээх дьон үлэлиириттэн астынабын. Эһиэхэ кытаанах доруобуйаны, өйдөһүүнү-өйөнсүүнү, үлэҕитигэр интэриэһинэй бырайыактары баҕарабын!, — диэн санаатын үллэстэр.
Хаартыскалар: СӨ Экологиҕа министерствота https://max.ru/id1435035723_gos/AaHnNxh0big