«Саха тыла сайдыан баҕарабын, сайдыа диэн бэркэ эрэнэбин» – диэн Таатта улууһун оҕолорун 1 улуустааҕы сийиэһэ ыытылынна.
14 ноября 2023

Сэтинньи 3 кунугэр Тааттаҕа П.А. Ойуунускай 130 үбүлүөйдээх сылын көрсө “Бастыҥнар хамсааһыннара” оҕо уонна ыччат уопсастыбаннай хамсааһын көҕүлээһининэн I үөрэнээччилэр  сийиэстэрэ аһылынна.

 

Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыыта долгутуулаах өрөгөй ырыатынан саҕаланан, кыттааччылары биир санааҕа сомоҕолуу түмтэ. Хас биирдии дэлэгээссийэ оскуола үрдүк аатын сүгэр, киэн тутта ааттыыр чулуу дьоммут бэргэн тылларын этэн туран, бэйэлэрин билиһиннэрдилэр. Сайдыы суолун торумнуур кэскиллээх тэрээһиҥҥэ оҕолор айар үлэлэрин сырдатар быыстапка, ылбаҕай ырыалаах ВИА бөлөҕө тэрээһини сэргэхситэн, көрөөччүлэри умсугутта.

Улуустааҕы сийиэс норуот чулуу уола Былатыан Ойуунускай “Саха тыла сайдыан баҕарабын, сайдыа диэн бэркэ эрэнэбин” бэргэн тылынан салайтаран, кэнэҕэски кэнчээрилэрбитин сайдам саха тылынан үөрэҕи-билиини сайыннарарга, инники кэскили түстүүргэ, сайдар саҕахтары торумнуурга, саҥа суолу тобуларга туһуланна.

 

Сийиэс “Бастыҥнар хамсааһыннара” оҕо, ыччат уопсастыбаннай хамсааһыннарын иитинэн 12 хайысханан ыытылынна:

  1. Үөрэх уонна билии
  2. Саҥаны арыйыы
  3. Үлэ, идэ, бэйэ суолун булунуу
  4. Культура, сатабыл
  5. Үтүөнү үксэт
  6. Аҕа дойдуга бэриниилээх буолуу
  7. Чөл олох: ситис уонна кыай
  8. Чэгиэн олох
  9. Күнээҕи сонун
  10. Норуоттар ортолоругар эйэлээх сыһыан
  11. Айылҕа харыстабыла
  12. Алгыстаах айан.

Хас биирдии хайысханы улуустааҕы хамсааһын лиидэрдэрэ уонна уһуйааччылар иилээн-саҕалаан ыыталлар.

 

«Айылҕа харыстабыла» хайысха уһуйааччытынан Судаарыстыба экология5а кэтэбилин Тааттатаа5ы инспекциятын госинспектора Ольга Олеговна Игнатьева ананна. Улууспут хас биирдии оскуолатыттан 1 оҕону түмэн төгүрүк остуол тула улууспутугар айылҕа харыстабылыгар туох үлэ бара турарын, ханнык сытыы боппуруостар туралларын кэпсэттибит, ырыттыбыт, үлэбит туһунан сырдаттыбыт.

Сийиэс тумугунэн хайысхаларынан бөлөхтөр санаабытын түмэн, кэскиллээх үлэ торумун оҥоһуннубут.