Н.И.Кочнев аатынан Ньурба улууьун Хаҥалас орто оскуолатын иһинэн быйыл төрдүс сылын “Сата” балаакканан лааҕыр үлэлээтэ. В.А. Петрова аатынан түмэл лааҕыр үлэтигэр ыкса ситимнээхтик үлэлэһэр, оҕолор сылдьыахтаах сирдэрин маршрутун эрдэттэн былааннаан оҥорон биэрэр. Судаарыстыба экология5а кэтэбилин Ньурбатаа5ы кэмититиэтин бэтэрээнэ Николай Дмитриевич хас сылын аайы тахсан о5олору уорэтэр чинчийэр.
Лааҕыр сүрүн сыала-оҕолору тулалыыр эйгэни кытта алтыһыннарыы, айылҕалыын бииргэ буолууну уонна төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрии буолар. Олорор түөлбэбит историятын үөрэтиигэ, сирин-уотун ааттарын билиигэ туһаайыллар.
Базабыт Уһунчаҕа “Сарыал” лааҕыр аттыгар буолла. Сирдьитинэн өр сылларга эҥкилэ суох айылҕа харыстабылыгар үлэлээбит Н.Д. Николаев сырытта. Кини сири-дойдуну биэс тарбаҕын курдук билэр буолан оҕолору экскурсияларга, экспедицияларга сырытыннартаата.
Бастакы күҥҥэ элбэх ыанар ынах, ньирэй сайылыктарыгар Долокуна сиригэр сылдьан, ферма ордон хаалбыт дьиэтин, ампаарын көрөн, аара суолга үүнэн турар дьикти мастары көрдүлэр. Кутуйах Харах диэн киэҥ төгүрүк алаас тула, революция иннинэ атыыһыт Байбал Бэрииһэп олорбута. Элбэх бурдук ыһар бааһыналардаах буолан өлгөм үүнүүнү ылаллара. Ол иһин улахан миэлиҥсэ аҕалан үлэлэппит. Холхуостааһын кэмигэр уопсай дьыалаҕа 1930-с сылларга диэри туттулла сылдьыбыт. Ол сиргэ тиийэн экспедиция түмүгэр, Бэрииһэптэр бурдук тардар миэлиҥсэлэрин көлүөһэтин хостоотубут.
Лааҕыр үһүс күнүгэр, Эбэ кытыытыгар турар Дьэттэкэ арыытыгар сырыттыбыт. Үһүйээҥҥэ кэпсэнэринэн,былыр тоҥустар олорбуттара үһү. Онно сахалар тиийэн кэлэн сэриилэһэн, төрүт олохтоохтору куоттарбыттара биллэр. 1960-с сылларга Г.В.Ксенофонтов экспедицията кэлэн чинчийиитин түмүгэр, дьон олорон-сэриилэһэн ааспыт туоһуларын-ох саа төбөлөрүн, туой иһит үлтүркэйдэрин булбуттар. Бу сир историятын оҕолорго билиһиннэрдибит.
Ынахсыт алааһын ойоҕоһугар Туойдаах диэн ааттаах элбэх сүөһү-сылгы тоҕуоруспут сыһыытыгар сылдьан туой көрдөөтүбүт. Былыр оннооҕор Сата сириттэн оҕуһунан тахсан, тимир уһаарар оһохторугар туттаары туой тиэйэн киирэллэр этэ диэн ытык кырдьаҕас Марфа Калиновна кэпсиир этэ. Чуолкай ханнык сиртэн хостуулларын билбэт. Ол иһин бадарааннаах сирдэри хаһан көрдүбүт даҕаны, бэрт синньигэс дьураа эрэ курдук барар туойдаах сирдэри буллубут.
1980- сыллартан саҕалаан Ампаардаах түбэтигэр типовой оҕо лааҕырын дьиэтэ тутуллан, сайын аайы үстүү сезон 25 оҕолоох лааҕыр 30-ча сыл үлэлээн ааспыта. Оҕолор хаппыыста, күөх луук үүннэрэн көрөллөрө-истэллэрэ. Луук үчүгэйдик үүммүт сылыгар 17-лии куул луугу хомуйан, ыраастаан тула нэһилиэктэргэ атыылыыллар этэ. Ол лааҕыр дьиэтэ, тутуулара билигин даҕаны сэнэх тураллар. Улахан уу кэлбит сылларыгар, уот линиялара сууллан, лааҕыр үлэлээбэт буолбута.
Урукку лааҕыр таһыгар балааккаларбытын тардан хонордуу оҥостон тэриннибит. Оҕолор онно хоно сытан Дьөҥкүүдэ Эбэ тулатынааҕы сирдэргэ экскурсиялаатылар. Тирии баай олорбут өтөҕөр сылдьан,сыһыыга турар күтүөт кэлэригэр ананан оҥоһуллубут дьикти оҥоһуулаах сэргэни көрөн сэҥээрдилэр. Арыы төбөтүгэр үрдүк лиҥкинэс мастардаах ойуурга соҕотоҕун сытар былыргы киһи көмүүтүн көрөн:”– Бу тоҕо соҕотоҕун түҥ ойуурга көмүллүбүтүй?”– диэн сөхтүлэр. Ону ити ойуун уҥуоҕа буолуон сөп, ол иһин манна айдаарыллыбат, тугу да тыытыллыбат диэн быһаардыбыт. Киэһэ өттүгэр Николай Дмитриевич салалтатынан, бастакы Хаҥалас оҕуруоччута Большоев Данил Гаврильевич кэргэнинээн Анна Николаевна Кулатовалыын уһуннук олорон ааспыт өтөҕөр тиийэн дьиэтин сэмнэҕин,хортуоска уурар подвалларын көрдүлэр.
Нөҥүө күнүгэр Хатыыстыыр аартыгынан айаннаан Түүкээҥҥэ тиийэ сырыттыбыт. Киэҥ өтөххө балааккаларбытын тардан, күөс өрүнэн, оонньоон-көрүлээн сынньаннылар. Үлэһиттэри таһынан, төрөппүт Васильев Н.С бэйэтин массыынатынан барсыбыта уонна Николай Дмитриевичтиин илим үппүттэрэ, сарсыарда балык ылан үөрүү-көтүү үксээбитэ. Өтөххө дьиикэй луук үүнэр эбит. Биһиги тиийэрбитигэр номнуо ситэн, сиэмэлээн турар этэ. Киэһэ икки биэрэстэлээх сиргэ баран былыргы сэргэлээх өтөҕү көрөн кэлбиппит. Түүкээн уута үөһэ анньа сытар буолан, аллараа түһэн көрбөтүбүт.
Оҕолор мээчиктээн, видео устан, тустан бириэмэни билбэккэ аастылар. Сиргэ сылдьан сиэри-туому тутуһарга, айылҕа силигилээн ситэн турар кэмигэр күүс-уох ылыннылар, баһаартан сэрэхтээх буолуу үөрүйэхтэригэр үөрэннилэр. Лааҕырга сырыыларыттан оҕолор олус астыннылар.
Эһиил балаакканан лааҕыр үлэлиир түгэнигэр көрүөн-билиэн баҕалаах оҕолору күүтэбит.
В.А.Петрова аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл.