Быйыл өр баҕайы улахан тымныылар тураннар кыра туйахтаах кыылларга, чуолаан туртастарга, уустук балаhыанньаны үөскэттэ. Улахан тымныыны кытта утарылаhарга кинилэр элбэҕи аhыахтарын наада. Тохсунньу, олунньу ыйдарга кып-кыра туйахтаах, сип-синньигэс атахтаах туртастарга халыҥ хаар анныттан ас булуналларыгар бу саамай ыарахан бириэмэ.
Онон сибээстээн, бу ыарахан кэми туйахтаах кыыллар этэҥҥэ аhаралларын туhугар, айылҕа харыстабылын инспиэктэрдэрэ эрдэттэн сайыҥҥы кэмтэн саҕалаан улахан биотехническэй үлэлэри оҥороллор. Ол курдук, кэлэр кыhыҥҥы эбии аhылыкка анаан, сайын үгэннээн турар кэмигэр улахан бэлэмнэнии үлэтэ сыл аайы барар. Ол курдук от оттооhуна, хатыҥ күөх сэбирдэхтээх лабаатын хатарыы, туйахтаах кыылга анаан эбии аhылык уурар холбукалары уонна туус кутуллар тураннаах сирдэри сөргүтүү-бэлэмнээhин улэлэрин көхтөөхтүк ыыталлар.
Кыhыҥҥы тымныы тыйыс кэм бүрүүкээн турар кэмигэр айылҕа харыстабылын инспиэктэрдэрэ эрдэ бэлэмнэммит сирдэргэ от, эбиэс, комбикорм кутан биэрэллэр, туус уураллар, сайын бэлэмнэммит хаппыт күөх хатыҥ, мас лабааларынан эбии аhаталлар.
Ол курдук, Дьокуускай куорат таhынааҕы «Кэнкэмэ» диэн ураты харыстанар сиргэ бу тохсунньу ыйга айылҕа харыстабылын инспиэктэрдэрэ Миронов В.Е. уонна Оконешников Г.Д. общественнай инспиэктэрдэр кыттыгастаах тахсан туйахтаах кыылларга эбии аhылык ууран – таргатан кэллилэр.
Айылҕа харыстабылын инспиэктэрэ Миронов В.Е.